К 70-летию Победы

История связи РС(Я)

К 70-летию Победы

Ветераны тыла
Усть-Алданский улус

Винокурова Зоя Захаровна

Воспоминания Винокуровой Зои Захаровны

Мин, Винокурова Зоя Захаровна, 1933 с. Кулун тутар ый 26 кунугэр Мэнэ – Ханалас оройуонун 2-с Мэлдьэхси нэьилиэгэр торообутум. А5ам, Захар Гаврильевич Холмлгоров – «аа5ар буолан» (библиотека) сэбиэдэссэйинэн, культура пропагандиьынан улэлээбитэ. Ийэм, Мария Иннокентьевна Холмогорова колхозка араас улэлэргэ уксун суэьу коруутугэр улэлээбитэ. А5а дойду сэриитэ са5аламмытыгар 8 саастаах этим. 1-гы кылааска 2-с Мэлдьэхси оскуолатыгар уэрэммитим. 1937 с. А5а дойду сэриитэ са5аланыан иннинэ а5абыт ыалдьан олбутэ. Мин балтыбынаан тулаайах хаалбыппыт. Ийэбит уэрэ5э суох буолан, Мэнэ-Ханалас оройуонугар кэлэн колхозка доярканан, ферма араас улэлэригэр, эр дьон улэтин улэлээбитэ. Колонон от, масс тиэйиитигэр. Кыра балтыбын мин корорум. Ийэбит сарсыарда эрдэ, киэьээ хойут улэтиттэн кэлэрэ.

Биьиги олорбут фермабыт « Суола тордо» Томтор оскуолатыттан 3 км сиргэ бара. Онно сатыы сылдьан уэрэмиппит. 7-с кылааьы бутэрэн баран салгыы уэрэммэтэ5им. Онон кыра о5о сааспытыгар ийэбит хоьуун улэьит дьахтар буолан балтым биьигини аччыктаппата5а. Ол да буоллар ийэлээх, а5алаах о5олор астарыгар – танастарыгар ымсыыран улааппыппыт. Арыый улаатан ийэбитигэр илии-атах буолан Улуу кыайыы 1945 с. Орогойдоох уэруутун этэннэ корсор дьоллоох , уэруулээх кунун хаьан да тыыннаахпыт тухары умнуохпут суо5а. 1950 с. Винокуров Алексей Петровичтыын холбоьон ыал буолбуппут. 1952 с.2-с Мэлдьэхси оскуолатыгар интернат заведущайынан улэлээбитим.

1955 с. «Холбос» звероферматыгар Уус-Алданна кэьэн кэлэн кэргэмминээн таьаарыылаахтык улэлээбиппит.1964 с. о5олорбутун уэрэттэрээри Борогонно кэьэн киирэн Уус-Алдан сибээс узелыгар, почта5а бастаан станционнай монтерунан, кэлин уэрэнэн -телеграфиьынан 1983 с. пенсия5а тахсыахпар диэри улэлээбитим. Улэлээбитим устатыгар Уус-Алдан Дупсун нэьилиэгин сэбиэтигэр Благодатнайдаа5ы хара саьылы иитэр зверофермэтиттэн нэьилиэк сэбиэтин депутатынан, икки созывка Уус- Алдан оройуонун сэбиэтигэр депутатынан быыбарданан, Сибээс профсоюьугар, нэьилиэк дьахталларын сэбиэтигэр талыллан улэлээбитим. Тыыл, Сибээс ветеранабын.

Кэргэмминээн ыал буолбуппут 60 сылын туолла. 6 о5олоохпут, бары урдук уэрэхтээх улэьиттэр, ыаллар, 11 сиэннээхпит, 1 хос сиэннээхпит. 2008 сыллаахха «Муру нэьилиэгин бочуоттаах олохтоохторо» аат инэриллибитэ, 2009 с. Россияттан « За верность и любовь» мэтээлинэн на5араадаламмыппыт. 2006 сылтан 1 группалаах инбэлииппин.

<