К 70-летию Победы

История связи РС(Я)

К 70-летию Победы

Ветераны тыла
Усть-Алданский улус

Богдашин Владимир Нестерович

Воспоминания Богдашина Владимира Нестеровича

Мин, Богдашин Владимир Нестерович, 1935 сыллаахха от ыйын 13 кунугэр кун сирин кэрбутум Байа5антай нэьилиэгэр, колхуостаах дьиэ кэргэннэ, 4 о5оттон со5отох тыыннаах хаалабын, бары араас ыарыыга ыальдан олон хаалбыттара.

Сэрии иннинэ Саха сирин улуустарыгар кыра-кыра колхуостар тэриллэн олорбут эбиппит. Yксун тыа хаhаайыстыбатынан дьарыктанан олорбуттар, маннай Советскай Союз тэриллиэ5иттэн тыа сиригэр суёhу, сылгы ииттэн.

Бу хаhаайыстыбалар ён сылларга син дохуот биэрэн быр-бааччы аhаан, таннан олорбуттар. Ол курдук олордохпутуна уоттаах сэрии буолар. 1941 с. фашисткай Германия уоран биллэрбэккэ эрэ сэриинэн саба туhэр. Советскай Союз суhаллык сэриигэ барааччылары хомуйан барар, ол курдук биhиги Сахабыт Сириттэн уксулэрэ туох да уёрэ5э суох дьон хомуурга тубэhэн барбыттара. Угус ёттё эдэр ыччат этэ.

Колхуоска кырдьа5ас о5онньоттор, эмээхситтэр, сана улаатан эрэр о5олор уонна дьахталлар эрэ хаалан колхуос сурун улэhиттэрэ буолбуппут. Биhиги, угус о5олор, уёрэнэр кыа5а суох курдук буолбуппут. Инньэ гынан мин биирда кылаас уэрэ5им суох.

Сэрии са5аланар сайыныгар уот кураан, аhына ёрё туран бурдук да от да уумэтэ5э. Хас оройуон аайы дьон оло5о олус ыараабыта. Аhыыр, таннар ыараан испитэ.Ол курдук 2 - 3 сыл суёhулээхтэр суёhулэринэн тыыннаах ордор этилэр.

Ол иhин угус о5олор уёрэнэр кыа5а суох буолан улэhит буолбуттара, сэрии кэнниттэн да уёрэммэтэхтэрэ. Хас колхуос аайы аччыктааhын са5аламмыта. Биhиги да аччык анардаах улэлиир этибит.

Биhиги колхуоска ол бириэмэ5э биир саастаах киhи, дьон туhугар кыhаллар киhи председателинэн ананан кэлэр. Улэ5э-хамнаска урдук ирдэбиллээх, ол гынан баран кыраны-кыамматы аhынар этэ. Ыаллыы колхуостарга дьоннор аччыктаан ёлбуттэр уhу диэн сура5ы истэр этибит. Председательбит кэлээт да о5онньоттору балыктаах куёллэргэ балыктатан, ону дьонно тунэтэн, мундулатан эмиэ тунэтэр этэ. Ону мииннээн, хатаран, овсянка бурдугу кутан, минин бутугас онорон, онно бэс мас сутугата буhаран сиир этибит, наhаа минньигэс буолар этэ.

1944 с. арыый ён дьыл буолта, ый аайы нуорма тунэтэллэрэ – урун бурдук, риис куруппата, саахар кэлэр буолта, онон абыраммыппыт.

Улэбит биhиэнэ кытаанах этэ. Бурдук бааhынатын эргиччи дирин синньигэс гына буорун хаhан ханааба онорор этибит, аhына бааhына5а киирбэтин диэн. Онно сотору буолан баран кёрдёхпутунэ аhына балайда киирэн ёлбут буолара.

Алаастар отторо сана уунэн эрдэ5инэ кэтит хара сиидэhинэн мёhёёччук тигэллэрэ, ону биhиги, о5олор, иккилии буолан биирдии мёhёёччугу икки ёттуттэн тутан баран алааhы ортотунан суурэн кэлэбит, онно киилэ5э чугаhыыр аhына киирбит буолара. Киэhэтин олус сылайарбыт, уонна а5алан биригэдьииргэ туттарар этибит, хас биирдии бэйэбит 1,5 – 2 кг туттарар этибит. Онно хай5анан уёрэр этибит. Ол курдук сорох алаас аhыната а5ыйаабыт курдук буолар этэ.

О5онньоттору кытта 3-туу дьахтар, о5олор буолан от охсуутугар сылдьар этибит, уксэ уу ото буолара. Куhунун бурдук хомууругар сууруунэн сылдьан туутэх баайар этибит, ол улэ буттэ5инэ сиэмэ астааhыныгар молотилка5а кэмэлэьэр этибит.

1945 с. ыам ыйын 9 кунугэр буолла5а буолуо, «Немецтэри кыайбыт уhубут» диэн уёруулээх сурах кэлбитэ, биhиги уёруу бё5ётё.

Онтон сотору-сотору кыайыы кынаттаах саллааттар кэлэн испиттэрэ, тыыннаах эргиллибиттэргэ, кинилэр манна хаалбыт дьонноругар уёруу бё5ётё этэ. Онтон кэргэннэрэ, о5олоро сэрии толоонуттан тённубэтэхтэр ытаhаллар уhу диэни истэрбит.

Дьэ ол дьыл сайын буолбута, дьон уёрэ-кётё улэлээн, санаалара кётё5уллэн испитэ, улэ-хамнас куёстуу оргуйбута. Оччолорго улэ ударниктара, стахановецтар бааллара, улэ бачыыма куускэ ёрё турбута.

О5о эрдэхпиттэн харахпынан мэлтэх буоламмын, аармыйа сылдьыбата5ым. Улэбин Байа5антайбар доярынан са5алаабытым. Онтон 1963 сыллаахха пуочта таьааччы буолбутум. 1972 сыллаахха Борогонно телефониьынан кэьэбун, оннук 1993 сыллаахха улэлээбитим. Ол кэнниттэн РУФПС охраннигынан 1999 сылга дылы улэлээн баран, дьэ сынньаланна тахсан олорбутум.

Онон оонньооботох о5о сааhым кытаанах улэнэн солбуллубута.

Уунэр эдэр кёлуёнэ5э туhаайан этиэхпин ба5арабын -- эhэлэргит, эбэлэргит, ийэлэргит, а5аларгыт сут-кураан сэрии сылларыгар хайдахтаах курдук кытаанах усулуобуйа5а олорбуттарын, кёмус кёлёhуннэрин тохпуттарын ёйдуёх-саныах тустааххыт.

1970 сыллаахха Данилова Александра Петровналыын холбоьон, 3 о5ону торотон, билигин 7 сиэннээхпин.

<