К 70-летию Победы
Ветераны тыла
Нюрбинский улус
Мархинина Лидия Константиновна
Воспоминания Мархининой Лидии Константиновны
Мархинина Лидия Константиновна муус устар 4 кунугэр 1930 сыллааха Дьокуускай куоракка сулууспалаах дьиэ кэргэннэ иккис о5онон кун сирин көрбүтэ. А5ата Мархинин Константин Федорович гос баанын управляющайынан үлэлиир этэ, ийэтэ Вера Васильевна дьиэ хаhаайката этэ. Мархинин Константин Федорович 1931-1932 сыллардааха Дьокуускайтан ананан Ньурба5а бастакы госбанк хонтуоратын аhан улэлэппитэ уонна бастакы управляющай кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ.1939 сыллаахха ахсынньы ыйга ыалдьан олбутэ. Ийэтэ Вера Васильевна икки кырачаан кыргыттарын кытта со5отох хаалбыта. Ньурбаны сөбүлээн төттөру Дьокуускай куоракка барбата5а.
1941 сыллааха 11 саастаах Лида оскуола5а үөрэнэр этэ. 1942-1944 сыллаахтан сайыныгар улахан дьону кытта Күндээдэ анныгар сытан кыhынна дылы балыктыыр этибит, күhүн бурдук ичигэстиир этибит, мөhуоччук сугэ сылдьан бурдук туораахтарын хомуйар этибит, туолла5ына куулга сүөккүүрбүт. Биригэдьиирдэр бурдугу хомуйарбытын кичэйэн туран бэрэбиэркэлииллэр этэ. Биир эмит туораах хаалбыт буолла5ына мө5үллэрбит. Балыкка сылдьар кэммэр о5олортон иккиэ этибит. Улахан дьону кытта тэбис тэннэ сылдьар этибит, о5олоргут диэн ким да5аны улэбитин чэпчэппэт этэ. Түүн кун киириэ5иттэн, кун тахсыар дылы балыктыырбыт. Кун тахсыбытын кэннэ биэрэкпитин булан утуйа сынньана туhэн баран мунхабытын абырахтыырбыт, лэппиэскэбитин балыкпытын буhарынан аhыырбыт. Күhүн уөрэх са5аланыытыгар Ньурба5а киирэрбэр кыра тыы биэрбиттэринэн атырдьх ый бутэhигэр орус устунан айаннаан биэрэкпитин түүн 12 чааска булан турардаахпыт.
Сэриигэ дьоннору илдьэллэригэр билиңңи военкомат таhыгар нарсуд дьиэтэ үрдүк ба5айы олбуордаах этэ, онно хаайталаан тураллар этэ. Кими да таhаарбат да киллэрбэт этилэр. Борохуотка туун 12 чааска киллэртииллэригэр дьоннор наhаа аймаммыттара. Борохуөт үөгүлүүр тыаhа ынырык куhа5аннык иhиллэр этэ, киhи барыаймаммыта. Борохуот гудогун Ньурба биэрэгиттэн сутуор дылы хаhыытаппыта, билигээннэ дылы киhи дууhатын айматар. Борохуот гудога тыаhаата5ын аайы биэрэккэ хаалбыт дьоннор хаhыытаhан айманан ытыыллара -соңууллара.
Кыайыы сура5ын маляриянан ыалдьа сылдьан истибитим. Радио5а Кыайыы биллэрбиттэрэ сарсыарда 7 аңаар чааска. Дьоннорум утуйа сыталлар этэ. Левитан үөрэн – көтөн санарбыта. Бастаан марш тыаhаабыта. Сэрии бүттэ, Кыайыы буолла диэбитэ. Истээт да5аны «Победа буолла! Эhиги утуйа сыта5ыт дуо? Турун- Турун» диибин. Бэйэм турар кыа5ым суох этэ. Дьоннорум ыалдьа сытар кыыспыт өйүн сутэрэн мэнээк санарар дии санаабыттар этэ, өссө дьиксинэннэр санарбакка сыппыттар этэ. Онтон иккиhин Левитан санарбытыгар туран үөруу- көтүү бө5ө буолбуттара.
1951 сыллаахха оло5ум аргыhын Алексеев Архип Николаевыhы көрсөн, ыал буолан, түөрт о5ону (ус кыыс, биир уол) төрөтөн, 12 сиэн,10 хос сиэн тапталлаах эбээтэ буолан олорор. Улахан кыыс Надежда Архиповна Покровскайга райстат улэhитэ, Вера Архиповна Нюрбатаа5ы статистика улэhитэ, Николай Архипович Томскайга младшай научнай сотруднигынан, университет преподавателя, кыра кыыс Любовь Архиповна Томскайга Кисловка дэриэбинэ5э олорор, медик.
Сэрии ыар сылларын хорсуннук ааhан Лидия Константиновна сибээскэ улаханнык убаастанар, ытыктанар ытык кырдьа5аспыт буолар.