К 70-летию Победы
Ветераны тыла
Нюрбинский улус
Васильева Галина Серафимовна
Воспоминания Васильевой Галины Серафимовны
Мин сэрии бириэмэтигэр оскуола5а үөрэммитим. Сэрии бириэмэтигэр төһө да оскуола5а үөрэнэр буол син биир үлэ5э көмөлөһүннэрэлэрэ. Ньурба5а испиискэ собуота баар этэ, онно үлэлиирбит. Биир о5онньор масс тыырар этэ, онтон кыра гынан кэрчиктиирэ, сиэрэ оргутара. Биһиги бакыат оңорорбут испиискэ маһын угарга. Кэрчиктэммит мастары оргуйбут сиэрэ5э да5айарбыт, уонна бакыаттарга угаттыырбыт. Испиискэ сиэрэтин уматарга кыра картоны сиэрэннэн биһэрбит, уонна эмиэ бакыаппытыгар угарбыт. Ону сэриигэ сылдьар дьоннорго ыытабыт дииллэрэ, уонна ыалларга биэрэллэрэ.
Бурдук ыл5ааһыныгар сылдьарбыт. Билиңңи медгородок урут улахан ба5айы бурдук үүнэр сыһыы этэ. Бурдук хомуйан баран соломоннон баайарбыт. Быакаһыл диэн сиргэ бурдук көтүтэрбит. Молотилка5а туораах бурдук куттахтарына соломотун ыраастыыр этэ.
Элбэх о5олоох ыалга төрөөн интернакка олорбутум. Сэрии бириэмэтигэр Куочайга детдом тутуллубута, ол дьиэни ханаппаахылыырбыт уонна үрдүн сыбыырбыппыт. Онно олорон үөрэнэрбит, түөрт кылааһы биир учуутал үөрэтэрэ. Интэрнээчиктэргэ аһылык дьиэбитигэр бэрсээччилэр. Онтон элбэхтик ыалдьан балыыһа5а өр сыппытым. Ол кэнниттэн а5абыт өлөн ийэбэр көмөлөспүтүм, о5о көрсөрүм. Ийэм дьиэ сууйарыгар көмөлөһөрүм, остолобуойга иһит сууйсарым. Бэһис кылаас кэнниттэн үөрэнэн бүппүтүм. 50-с сылларга вечернэй оскуола5а үөрэммитим. Онтон түүлээ5и тутар сиргэ улэлээбитим. Түүлээ5и тутан Иркутскайга ыытарбыт (1949-1950 с.с). Онно 5 буолан улэлиир этибит (кыһынын). Сайынын раскупорка5а складка үлэлээбитим. Пионер этим, комсомолга киирбэтэ5им. Ыалларга баран эмиэ улэлирбит, кыаммат ыалларга көмөлөһөрбүт.
Аңардас ийэ5э 6 о5о иитиллибитэ, саамай улахаммыт 15 уол этэ, бултуура – алтыырга, эдьийим балыһа5а 14сааһыттан улэлээбитэ. Билигин Ньурба5а баар, олорор.
1962 с. Почта5а үлэлээн сылдьыбытым, хаһыат таһар этибит. 2 – 3 буолан Антоновканнан, Убоянынан түңэтэр этибит, кыайбакка уурайбытым.
1958 с. Бастаан почта таспытым, онтон телеграмма таһар буолбутум, ол кэннитэн телеграфистаабытым. Сылын аайы аттестация барар этибит, онно барытын туттаран иһээччибин. 28 сыл улэлээн баран пенсия5а барбытым.