К 70-летию Победы
Ветераны тыла
Мегино-Кангаласский улус
Борисов Егор Тимофеевич
Дьабыыл нэһилиэгэр Сардаңа колхозка 1930 сыл муус устар 10 кунугэр дьадаңы ыалга иккис о5онон төрөөбутум.
1939 сыллаахха Мэнэ-Ханалас Төңүлү оскуолатыгар маңнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Ол дьыл бала5ан ыйыгар саңа үөрэнэ сылдьан сыырга чурка уңкүрүтэ сылдьан хаңас хааһым урдунэн чурка туһэн ол дьыл кыайан үөрэммэккэ балыыһа5а алта ый эмтэнэн, хаңас харахпынан көрбөт, ол кул5аахпынан истибэт буолан балыыһаттан тахсыбытым. Ол дьыл үөрэхтэн маппытым. Кэлин холбоон нэһиилэ алта эрэ кылааһы бутэрбитим.
А5а дойду сэриитэ буолан 1941 с. Бэс ыйыгар а5абыт маңнайгы хомуурга сэриигэ барбыта. Онтон ыла олох огдолуйуута са5аламмыта. А5абыт 1942 сыллаахха хара суруга кэлбитэ. Онон ийэбитигэр көмө буолан үөрэх кэнниттэн колхозка араас улэлэргэ улэлээбитим.
1943 сыллаахха ийэбит дояркалыы сылдьан аччыктаан, тымныйан өлбүтэ. Биһиги сайынын колхозка улэлээн, кыһынын интернатка кыстаан нэһиилэ алта кылааһы бутэрбитим.
Киһи аңара буоламмын армия5а служба5а ылбатахтара. Тулаайах киһини хамначчыт курдук уурэ сылдьан улэлэтэллэрэ. 1946 с. Уон алта сааспын туолуубар колхозтаах оңорон колхоз бары ыар улэтигэр уурэллэрэ. Ол курдук 1962 сылга диэри биир кун өрөбүлэ суох улэлээн тыыл ветерана буолбутум. Ону таһынан колхоз улэтиттэн ураты оруйуон сыыппаратынан Ороссулуода5а туту маһа кэрдиитигэр биир сыл сылдьыбытым. Кыһынын бэс мас кэрдэн алын өртө тутууга, төбө өртө уотка оттор гына эрбиирбит, саас ону көлөнөн өрус кытыытыгар тус туһунан наардыырбыт. Сйынын ол маспытын булуоттаан, маспыт төбөтун онно тиэйэн Куоратка утаарабыт. Борохуот кэлэн соһон барар. Онтон хоту Тиксиигэ балыка баран турардаахпын. Ону таһынан атын сиргэ оттуу барыы онно сүөһү көрөн кыстааһын ахсаан буолбат.
1962 ыам ыйыттан Төңүлүгэ сибээс улэтэ мөлтөөн бөдөңсуйбут колхоз дьаһалтата көңүллээһининэн Төңүлүтээ5и сибээскэ ыыппыттара. Бу тэрилтэ5э уопсайа 25 сыл үтүө суобастаахтык улэлээн 1987 сыллаахха бочуоттаах сынньалаңңа 57 сааспар тахсыбытым. Бу тэрилтэ5э бастакыта аккумуляторщик моторист этим кэлин станционнай монтер диэн буолбутум. Сибээстэн сыл аайы араас бэлэх-туһах грамота бө5ө. Куоталаһыы 78 сыллаахха кыайыылаа5а коммунистического труда знага, өссө Бэстээххэ, Якутскайга бочуот доскатыгар тахсыбыт уһубун.
1958 сылтан кэргэннээхпин а5ыс о5о тапталлаах а5атабын, 20-чэ сиэннэхпин, 5 хос сиэннээхпин. Онон толору дьоллоох о5онньорбун. Бу муус устар ыйга 80 сааспар барабын. Саамай хомойорум улууһум, нэһилиэгим туох да бочуоттаах ааты биэрбэтилэр. Туоһулуур киһи наада дииллэр. Ону мин өлөн буппут дьону хайдах көрдөһүөхпунуй? Тумукпэр кэлин улэлээбит сибээспэр уйэм тухары махтана туруом.