К 70-летию Победы

История связи РС(Я)

К 70-летию Победы

Ветераны тыла
Амгинский улус

Мухаметова Акулина Гаврильевна

Воспоминания Мухаметовой Акулины Гаврильевны

Мин 1927с. бэс ыйын 24 күнүгэр Амма Ар5аа дэриэбинэтигэр олорор Гаврил Федорович уонна Мария Тимофеевна Лобановтарга иккис о5онон күн сирин көрбүтүм. Төрөппүттэрим «Победа» колхуос үлэһиттэрэ этилэр. Биһиги түөрт бииргэ төрөөбүппүтүттэн, билигин балтыбынаан Валентина Гаврильевналыын хааллыбыт. Убайым Егор Гаврильевич сэрии кэккэтигэр сура5а суох сүппүтэ, онтон балтым Тамара Гаврильевна 7 о5отун атахтарыгар туруортаан, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ буолан олорор.

Мин Амма 7 кылаастаах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Сааспыттан «Победа» колхуоска от үлэтигэр үлэлээбитим. Ол сэрии са5аланар ыар кэмэ этэ. Ол курдук үлэлии сылдьан, Мария Семеновна Кузнецова диэн сельсове бэрэсэдээтэлин өңөтүнэн комсомолга киирбитим. Онно сарсыардаттан киэһээңңэ диэри туох үлэ тахсарынан үлэлиир этибит.

Итинтэн сал5ыы ферма5а ыыппыттара. Аан бастаан, икки сыл устата, 33 субан сүөһүлэри со5отох көрбүтүм. Сайын бэйэбит илиибитинэн охсон, мунньан оттуурбут, күһүнүн сүөһү хотоңңо киииэр дыы бурдук быһыытыгар сылдьарбыт, кыһнын око эбиискэ буоллун диэн, тоңуу Хаары кэһэн, хатың лабаатын быһар этибит. Бу ыарахан үлэ этэ. Онтон кэлин ыанньыксыттаабытым. Күңңэ түөртэ 13 ына5ы ыырым, анны ыан баран о5уһунан 8 бөтүөн үүтү собуокка таһар этим. Сарсыарда 3 чаастан киэһэ 9-10 дылы үэлиирбит, ол быыһыгар ньиирэйдэрбитин бэйэбит көрөр этибит. «Победа» колхуос «көлөһүн күңңэ», ол аата билиңңинэн хамнас буолуо, ас түңэтэр этилэр; кыра арыы, 9 киилэ хорчоххой бурдук. Дьэ уонна ити биэрбиттэрин биир ыйга тириэрдээххин. Биһиги ол хорчоххой бурдугунан хааһы оңостон сиирбит, оччолорго минньигэһэ сүрдээх этэ.

Онтон 1944с. быһыылаа5а, үүнүүлээх үчүгэй дьыл буолбута. Колхуос бурдугунан көмөлүһэннэрэн, танка оңотторбуттара. «Победа» колхуос танката диэн сүрэхтииллэр этэ, итини истэргэ олус үчүгэй этэ. Ол курдук колхуоска 10-тан тахса сыл үлэлээбитим.

Уопсайынан сэрии сыллара ынырык сыллар этилэр, кураан, туох да үүммэт, аччыктааһын сэрии сүрүн бэлиэлэрэ хоргуйан өлбүтэ буолуой? Саныырга ыарахан.

1949с. миэхэ мэтээл туттарбыттара. Бу мэтээл дьаныардаахтык туруулаһан туран үлэлээбиппин мэктиэлиир буолла5а.

Онтон бу сыл Мухаметов Шагей Нуреевич диэн Амма олохтоо5ор кэргэн тахсыбытым. Кинилиин 38 сыл устата бииргэ олорбуппут, хомоцйуох иһин, кэргэним 1987с. ыалдьан өлбүтэ.

Орто дойдуга ытык иэспин толорон 6 о5ону киһи оңортоотум. Бары ыал ийэлэрэ, а5алара. Билигин 17 сиэннээхпин, 5 хос сиэннээхпин. 1963с. Нуучча 8-с кылаастаах оскуолатыгар уборщицанан ананан 2 сыл үлэлээбитим. Хамнаһа бара суо5а 27 сокуобай этэ. Онтон «Этустарга», билиңңинэн «Сахателеком», көспүтүм, онно 20 сыл устата уборщицалаабытым, онтон пенсия5а тахсыбытым. Билиңңээңңи диэри «Сахателекомнарым» көмөлөһө олороллор. Кинилэргэ махталым муңура суох.

Сэрии кэмигэр үчүгэйдик үлэлээбитим иһин хас да мэтээллээхпин: 1954с. 2-с степеннээх «Материнская слава», 1962с. 1-кы степеннээх «Материнская слава» 1975с. «30 лет Победы», 1982с. «Ветеран труда», 1985с. «40 лет Победы», 1995с. «50 лет Победы», «Ветеран тыла», 1999с. И.В.Сталин төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах юбилейнай мэтээл.

<