К 70-летию Победы

История связи РС(Я)

К 70-летию Победы

Ветераны тыла
Абыйский улус

Хабарова Евдокия Михайловна

Воспоминания Хабаровой Евдокии Михайловны

1933 сыллаахха билиннинэн Ураhалаах нэhилиэгэр «Кыhыл Маяк» колхозка, Ожогино боhуолэгэр торообутум. Тороппуттэрим колхозтаахтар этэ, булдунан, балыгынан дьарыктаналлара.1941 сыллаахха оскуолага уорэххэ киирбитим. Сэрии иннинэ улахан дьону кытта окко, булка, балыкка, суоhугэ, ферма араас улэтигэр барытыгар улэлиирбит. Мин радиооператор буолан байыаннай эбээhинэстээх этим. Тороппуттэрбин кытта фронна танас тигэр, заемна суруттарар этилэр, араас былыргы бигэ чугун, алтан иhиттэри хомуттаран, итии танастары тигэн онорон ыыттараллар этэ.Оннук комо суога буоллар кыайыы да буолара биллибэт этэ.Ийэм, агам «Сталин» медаллаах бастын улэhиттэр этилэр, Биэс бииргэ торообут этибит - иккитэ уол, уhэ кыыс. Убайдарым иккиэн партиялаах бастын улэhиттэр этилэр, эдьиийим колхоз улэhитэ, балтым урдук уорэхтээх математика учууталынан 50 сыл улэлээбитэ.

1954 сыллаахха окуоланы бутэрэн баран, 3 ыйдаах радиооператордар курстарын бутэрэн бастаан Сутуруохага биэс сыл радистаабытым, онтон икки сыл Ожогинога почта начальнигынан улэлээбитим.1959с. Дьокуускай куоракка начальник отделениетын уорэгин бутэрэн баран 5 сыл Сыаганнаах, 7 сыл Уолбут, 16 сыл Кэбэргэнэ боhулэктэригэр улээбитим.

Улэлээн барыта 17 сыл начальнигынан, 18 сыл радиооператорынан, барыта 35 сыл улэлээбитим.Коммунистическай Партияга 29 сыл турбутум.

Пенсияга олорбутум 27 сыл буолла ол онтон 5 сыл оссо улэлээбитим, онон дьиннээх олорбутум 22 сыл буолла.

Кэргэним 1930 сыл торуох этэ, Хабаров Иван Петрович тыа хаhаайыстыбатын отличнига тыыл, улэ ветерана, урдук партийнай уорэхтээх, коммунистическай партияга 34 сыл стажтаах. 1992 сыллаахха кини биhигиттэн букатыннаахтык барбыта, сэттэ оголоохпут онтон биэhэ уол, иккитэ кыыс, уон биэс сиэннээхпин, ус хос сиэннээхпит.

Туорт ого урдук уорэги, ус ого орто анал уорэги бутэрэн учуутал, воспитатель, сибээс, тутуу, авиация, газовой промышленностка улэлии сылдьаллар. Эдэрбэр уhус разрядтаах хайыhардьыт этим, ункулуурбун собулуур этим, оскуола оголорун ункуугэ, баайыыга, вышивкага уорэтэр этим.

Улэ, тыыл ветерана, элбэх оголоох ийэ улэлээн бутэн баран ыарахан операция кэнниттэн 3 гр.инвалид Хабарова Евдокия Михайловна.

<