К 70-летию Победы

История связи РС(Я)

К 70-летию Победы

Ветераны тыла
Абыйский улус

Слепцов Николай Семенович

Воспоминания Слепцова Николая Семеновича – радиста.

1933 сыллаахха ыам ыйын 1-гы кунугэр Абый улууhун, Майыар нэhилиэгин Крест – Майыар сэлиэнньэтигэр торообутэ.

Агата - Слепцов Семен Николаевич Муома улууhуттан 28 саастаагар, Майыар кыыhын Слепцова Мария Васильевнаны кэргэн ылбыта уонна Майыар нэhилиэгинээги «Молотов» аатынан колхозка чилиэнинэн киирэн идэтийбит туулээхсит, балыксыт быhыытынан улэлээбитэ. Ийэтэ Мария Васильевна кыhын солбуллубат масчыт, сайын отчут быhыытынан улэлиирэ.

Кыра Коля ого сааhа тоhо да кыhалгалаах сылларын иhин мээччиктиир, мэник саастара бэрт тургэнник ааспыта. Ол да иhин « Тэйиэлиир туу мээчик кэриэтэ, тиэргэним иhиттэн тэйбитим ыраатта – ого саас» - диэн соhуйбуттуу хоhоонугар этэн аhарбыттаах. Оскуолатаагы сыллара киниэхэ умнуллубакка, олох кэрэтигэр куруук умсулганнаахтык ыныра тураллар. Ол да иhин ого саас оскуолатаагы сылларыгар угус хоhооннору анаабыт авторынан буолар.

Майыар начальнай оскуолатын бутэрэн, Дружина оскуолатын 6-с кылааhын бутэрээт икки сыл «Молотов» колхозка производствага улэлээбитэ. Кэлин уэрэнэн 7-с кылааhы бутэрэн 1952 сыллаахха сааскы хомуурга Советскай Армияга ынырыллан байыаннай сулууспатын артиллерийскай чааска сагалаабыта. Старшай сержант званиялаах, икки сыл помзвод командирынан сулууспатын тумуктээн, 1955 сыллаахха куhун сэтинньи ыйыгар дойдутугар эргиллибитэ. Кэлээт, 6 ыйдаах радистар куурустарын бутэрэн дойдутугар Кэбэргэнэ боhуэлэгэр улэлээбитэ. Кэлин почта отделенията арыллан, икки сыл начальнигынан, онтон монтер разрядын урдэтэн, технигынан улэлээн, уопсайа сибээс управлениятыгар 33 сыл улэлээн, 1988 сыллаахха бочуоттаах сынньаланна тахсыбыта.

Айар улэннэн тоhо да ордук поэзияны собулээн кыра эрдэгиттэн холонон корбутун иhин, аагааччыга (олохтоох хаhыат - Усть-Нерага коспутун кэннэ) 1960 сыллаахха маннай «Аата кытта алдьаппыттаах» дьиэн кор-кулуу кэпсээнинэн, кэлин хоhооннору бэчээттэтэн биллибитэ.

Элбэх сыллаах чуумпуруу кэнниттэн, сэдэхтик да буоллар республика сорох бэчээтигэр, ордук олохтоох «Хотугу кыым» хаhыакка элэннээт «Бар дьоммор» - дьиэн дьогус хоhооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.

1994 сыллаахха Саха республикатын суруйаачыларын союhун чилиэнинэн ылыллыбыта. Кэлин син бэчээттэммит 100- тэн тахса хоhооно, кор-кулуу кэпсээннэрэ аагааччыга тиийэр курдуктарын иhин айбыт бодон айымньылара – оголорго – омуннаах кэпсээн «Байанайдаах Сэмэнчик уол», «Таптал уотунан пьеса», «Буттээх» - хоhоонунан кэпсээн, ахтыылар, быстах кэпсээннэрдээх.

<